Бикипиэдьийэ:Кыттааччы тус сирэйэ
Тас көрүҥэ
- Бикипиэдьийэҕэ ааттаныы туһунан сиһилии манна көрүөххүн сөп Бикипиэдьийэ:Кыттааччылар ааттара.
Бу сирэй Бикипиэдьийэ сиэрин-туомун сорҕото. Манна этиллибити бары кыттааччылар толоруохтаахтар. Сирэй уларытыллар буоллаҕына консенсус ирдэбилигэр сөп түбэһиэхтээх. Тугу эмэ саарбахтыыр буоллаххына ырытыы сирэйигэр суруй.
|
Бикипиэдьийэ хас биирдии кыттааччытыгар икки анал сирэй оҥоһуллар — кыттааччы тус сирэйэ уонна кыттааччы ырытар тус сирэйэ. Бэлиэтэммит кыттааччы тус сирэйэ манна баар «Кыттааччы:Аат», ырытыы сирэйэ — «Кыттааччы ырытыыта:Аат»[1]. Бу икки сирэй уонна кинилэр анныларынан оҥоһуллар сирэйдэр «кыттааччы эйгэтэ» буолаллар, кинилэр көмө оруоллаахтар, атын кыттааччылары кытта бииргэ үлэлииргэ туһанылаллар.
Кыттааччы сирэйин стаатуһа
[биики-тиэкиһи уларытыы]Кыттааччылар сирэйдэрэ Бикипиэдьийэ ыстатыйалара буолбатахтар. Атын аат далыгар киирэллэр.
Кыттааччы тус сирэйин иһинэн сирэйдэр
[биики-тиэкиһи уларытыы]Ханнык баҕарар кыттааччы бэйэтигэр тус сирэйин иһинэн сирэйдэри оҥостор кыахтаах. Ол маннык көрүҥнээх буолар Кыттааччы:Аат/туох эмит. Холобур маннык сигэнэн бардахха Кыттааччы:ЭнСирэйиҥ/Барыл, тус сирэйиҥ иһинэн /Барыл диэн сирэйи оҥостуоххун сөп.
Быһаарыылар
[биики-тиэкиһи уларытыы]- ↑ «Кыттааччы:» диэн оннугар «User:» диэххэ сөп, «Кыттааччы ырытыыта» — «User talk:»