Буорах
Буорах - элбэх компоненнаах кытаанах эстэр булкаас. Салгына (кислорода) суох умайар, тэҥҥэ улахан сабардамнаах гаастары уонна итиини таһаарар. Сүрүннээн сэрии сэптэригэр - ботуруоннарга, снарядтарга, ракеталарга уо. д. а. туттуллар. Буорахтар метательнай үнтү тэбэр эттиктэргэ киирсэллэр.
Буорах историята
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Дьоннор аан бастакы аспыт үнтү тэбэр веществолара хара буорах эбит. Ити калий селитратын, мас чоҕун уонна сера булкааса, пропорцията 15/3/2. Ити компоненнартан мас чоҕо эрэ дэлэй, сера хостонор сирдэрэ аҕыйах, онтон калий селитрата (буорах саамай элбэх өлүүскэтэ) айылҕаҕа отой да суох.
Кумааҕыга суруллубут бастакы хара буорах рецебэ 1044 сыллаахха Кытайга суруллубута биллэр. Ол гынан баран сорох чинчийээччилэр саныылларынан, кытайдар буораҕы өссө былыр аспыт буолуохтарын сөп.
Европаҕа буораҕы аспыт киһинэн Бертольд Шварц диэн католик монааҕа ааҕыллар. XIII үйэттэн ыла европа дьонноро сэриигэ буораҕы киэҥник туттар буолбуттара, тэргэннэргэ уонна сааларга эрэ буолбакка, өссө бризантнай үнтү тэбэр эттиги курдук, араас миинэлэргэ. Билигин, нитроцеллюлоза буорах үөдүйбүтүн кэнниттэн, хара буорах туһаныллыыта олус аччаан турар.
Саҥа буруолаабат нитро буорахтары XIX үйэ бүтүүтүгэр аспыттара: Пироксилин буораҕы Францияҕа П.Вьелль 1884 сылга, Баллистит буораҕы Швецияҕа А. Нобель 1888 сылга уонна Кордиты Улуу Британияҕа.
Буорах көрүҥнэрэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Икки суол буораҕы араараллар – буккуллуу буорахтар (хара буорах онно киирсэр) уонна нитроцеллюлознай (буруолаабат). Ракеталарга туттуллар буорахтары ракета кытаанах уматыга диэн ааттыллар. Нитро буорах төрүт састааба нитроцеллюлозаттан уонна пластификатортан турар, эбии элбэх кыра присадкалар баар буолуохтарын син.
Хара буорах
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Аныгы хара буорах кыра, бытархай туорахтар формалаах, састааба 75% калий селитрата, 15% мас чоҕо, 10% сера. Селитра окислитель буолар, чох умайар, сера кинилэри бииргэ холбуур уонна буорах гигроскопичнаһын (сииги оборорун) кыччатар.
Хаара буорах дөбөҥнүк умайар, кыра да уоттан, кыымтан. Ол иһин харайыыга, туттууга сэрэхтээх буолуу ирдэнэр.
Нитроцеллюлознай буорахтар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Састаабынан уонна пластфикаторынан (суурайар вещество) буруолаабат буораҕы үс көрүҥҥэ араараллар.
Пироксилиновай буорах
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Пироксилиновай буорахтар састааба үксүн 91-96% Пироксилинтан, 1,2-5% көтөр вещество (эфир, спирт уонна уу), 1,0-1,5% - стабилизатортан (дифениламин, центролит), 2-6% флегматизатортан уонн 0,2-0,3% графииттан турар. Стабилизатор уһуннук харайыыга, оттон флегматизатор буорах тэҥник умайарыгар көмөлөһөллөр. Пироксилиновай буорахтар сүрүн итэҕэстэринэн буолаллар: кыра күүстээхтик умайаллар (баллистикка холоотоххо), улахан зарядтары оҥорон таһаарыы уустуга (холобура, ракеталарга).
Баллистит
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Састааба: 40-60% коллоксилин (12%-тан аҕыйах азоттах нитроцеллюлоза), 30-55% нитроглицерин (нитроглицериновай буорахтар) эбэтэр оччо диэтиленгликольдинитрат. Өссө ити буорахтарга араас присадкалар баар буолуохтарын син - динитротолуол, стабилизатордар, вазелин, камфора, уо.д.а.
Кордит
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Кордит буорахтар элбэх азоттах пироксилинтан, ыраастанар (ацетон) уонна ыраастаммат (нитроглицерин) пластификатордартан турар. Ити кордиты оҥорор технологиятынан пироксилиновай буорахтаргара чугаһатар. Кордит ордуга - күүстээхтик умайыыта, ол даҕаны онтугата саа уоһун буортулуур.
Ракета кытаанах уматыга
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Синтетик полимердартан оҥоһуллубут, оһуобай буорахтар, ракеталарга эрэ туттуллалар. Састаабтара: 50-60% окислитель (аммоний перхлората), 10-20% пластифицируйдаммыт сыһыарар полимер, 10-20% бытархай алюминий бороһуога уонаа араас эбиилэр.
Буорахтар характеристикалара
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Буорах сүрүҥ характеристикаларынан буолаллар: умайар итиитэ Q - төһө итиини биэрэрэ биир киилэ буорах умайара, сабардам V - төһө элбэх сабардамы ылаллар биир киилэ буорахтан тахсыбыт гаазтар, газтар температуралара T.
Буорах | Q, ккал/кг | V, дм³/кг | T, K |
---|---|---|---|
Пироксилиновай | 700 | 900 | ~2000 |
Баллиститнай | 900 | 1000 | 1700-4000 |
Ракета уматыга | 1200 | 860 | 1500-3500 |
артиллерийскай | 880 | 750 | ~2500 |
Кордит | 850 | 990 | ~2000 |
Хара | 700 | 300 | ~2200 |