Дьини коэффициена
Дьини коэффициена диэн статистика үллэhиллиитин кээмэйэ, үксүн барыс тэҥэ суох буолуутун метрикатын уонна баай конденсациятын кээмэйдэригэр туттуллар. 0 уонна 1 икки ардыларыгар баар коэффициенынан быhаарыллар: намыhах Дьини коэффициена барыс эбэтэр баай тарҕаныыларын ордук тэҥин көрдөрөр, онтон үрдүк Дьини коэффициена ордук тэҥэ суох тарҕаныыларын көрдөрөр. Ол курдук 0 ордук тэҥ буолууга сөп түбэhэр уонна 1 ордук тэҥэ суох буолууга сөп түбэhэр. Аан дойдуга Дьини коэффициеннара 0.232 Данияттан 0.707 Намибияҕа дылы араастар. Үгүс көҥүл баhаар иллэрэ 0.25 — 0.50 Дьини коэффициеннаахтар.
Дьини индекса диэн Дьини коэффициена бырыhыанынан көрдөрүллүүтэ, ол курдук Дания Дьини индекса 23.2%.
Дьини коэффициенын Италия статистига Коррадо Дьини айбыта уонна 1912 с. "Уларыйымтыа уонна уларыйбат" (итал. Variabilità e mutabilità) диэн суруйуутугар таhаарбыта.