1863
Тас көрүҥэ
Сыллар |
---|
1859 1860 1861 1862 — 1863 — 1864 1865 1866 1867 |
Уоннуу сыллар |
1830-с 1840-с 1850-с — 1860-с — 1870-с 1880-с 1890-с |
Үйэлэр |
XVIII үйэ — XIX үйэ — XX үйэ |
1863 сыл.
Туох буолбута
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Тохсунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тохсунньу 10 — Лондоҥҥа аан дойдуга бастакы метрополитен бастакы лиинийэтэ аһыллыбыт.
- Тохсунньу 22 — Польшаҕа, Литваҕа уонна Беларуська Арассыыйа былааһын утары Тохсунньутааҕы өрө туруу саҕаламмыт. Бу өрө туруу хам баттаммытын кэннэ элбэх киһи көскө ыытыллыбыта, ол иһигэр Саха сиригэр.
Олунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Олунньу 17 — Женева гражданнарын бөлөҕө "Бааһырбыттарга көмөлөһөр норуоттар ыккардыларынааҕы кэмитиэт" тэрийбит, кэлин бу тэрилтэ Кыһыл Кириэс кэмитиэтэ диэн ааттаммыта.
Муус устар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Муус устар 17 — Суутунан таһыйары бобор туһунан Ыйаах тахсыбыт. Ол гынан баран бааһынайдары, штрафной саллааттары, сыылынайдары уонна хаатаргаҕа сылдьар дьон таһыллалларын бу Ыйаах уларыппатах.
- Муус устар 26 — Тохсунньутааҕы өрө туруу: поляк өрө турааччылара Новая Весь аннынааҕы кыргыһыыга импиэрийэ сэриилэрин кыайбыттар.
- Муус устар 29 — Арассыыйаҕа таһыйыыны хааччахтаабыттар.
Ыам ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ыам ыйын 22 (эргэ истиилинэн ыам ыйын 10) күнүгэр Дьокуускайы улахан халаан уута ылбыт. Бастаан куорат соҕуруулуу-арҕаа өттө ууга барбыт. Икки хонугунан намыһах сиргэ турар дьиэлэр сарайдарыгар диэри ууга барбыттар, даллар отой көстүбэт буолбуттар.
Бэс ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Бэс ыйын 25 — Сёгун Токугава Японияттан кэлии дьону барыларын үүрэргэ ыйаахтаабыт.
- Бэс ыйын 30 (урукку халандаарынан бэс ыйын 18 күнүгэр) — Арассыыйа импиэрийэтигэр үрдүк үөрэх туһунан саҥа ыйаах тахсыбыт, дьахталлар үрдүк үөрэххэ киирэллэрэ бобуллубут (ол иннинэ да көҥүллэммэт этэ, ол эрээри быһаччы бобуллубат буолан, аҕыйах дьахтар көҥүл истээччи быһыытынан университет лиэксийэлэрин истэллэрэ, төһө да дьупулуом ылар бырааптара суоҕун үрдүнэн).
Алтынньы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Алтынньы 3 — АХШ бэрэсидьиэнэ Авраам Линкольн сэтинньи төрдүс чэппиэригэр Махтаныы күнүн бэлиэтииргэ уурбут.
- Алтынньы 29 — Швейцарияҕа Кыһыл Кириэс уопсастыбата тэриллибит.
Ахсынньы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ахсынньы 19 — Англия айааччыта Фредерик Уолтон линолеуму патеннаабыт.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тохсунньу 1 — Пьер де Кубертен — Франция учуутала уонна устуоруга. Аныгы Олимпия оонньууларын төрүттээччитэ, Аан Дойду Олимпия кэмитиэтин олохтооччута уонна бэрэсидьиэнэ.
- Тохсунньу 17 — Константин Станиславскай — нуучча сэбиэскэй тыйаатыр диэйэтэлэ, артыыс, режиссёр, педагог, ССРС бастакы норуодунай артыыһа. Кини аатырбыт тыллара — "Не верю!".
- Кулун тутар 12 — Владимир Вернадскай — учуонай, геохимия, биогеохимия, радиогеология үөрэҕин саҕалааччыта, биосфера, кини киhи дьайыытыттан ноосфераҕа (ол аата өй сфератыгар) кубулуйуутун уонна эволюциятын туhунан үөрэх айааччыта, Украина наукаларын академиятын бастакы бэрэсидьиэнэ.
- От ыйын 30 — Генри Форд — АХШ инженерэ уонна урбаанньыта. 1896 сыллаахха Форд Мотор хампаанньатын олохтообут.
- Атырдьах ыйын 31 — нуучча фотограба Сергей Михайлович Прокудин-Горскай
- Борисов Тихон Петрович — Ырыа Тиихэн (1863 - 1917), аатырбыт олоҥхоһут.