Нам нэһилиэгэ (Үөһээ Бүлүү улууһа)
Тас көрүҥэ
Нам нэһилиэк. Үөһээ Бүлүү улууһун нэһилиэгэ, киинэ Хомустаах.
Улуус кииниттэн 15 км илин диэкки.
Нэһилэнньэтин ахсаана 1 273 киһи (2007 сыл).
Нэһилиэктэн төрүттээхтэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Егоров Андрей Николаевич (Бурҕаа) (1892 с. төр.) — Гражданскай сэрии кыттыылааҕа, Саха АССР бастакы ыҥырыылаах Үрдүкү Советын депутата.
- Кардашевскай Руф Иванович (1901 с. төр.) — Үөһээ Бүлүү Кыһыл дружинатын тэрийсибит киһи.
- Докторов Алексей Игнатьевич (1902—1962) — гражданскай сэрии кыттыылааҕа, кыһыл.
- Романов Никон Семенович (19.01.1908—09.10.1941) — история билимин кандидата.
- Габышев Николай Алексеевич (10.04.1922—08.12.1991) — саха сэбиэскэй кэминээҕи суруйааччыта, кэпсээнньит, драматург, тылбаасчыт.
- Докторов Петр Иванович (1922 с. от ыйын 3 к. төр.) — экономика билимин кандидата, Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ.
Нэһилиэккэ сыһыаннаах дьоннор
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1975—1992 сс. Наумов Дмитрий Федосеевич, суруйааччы, Ил Түмэн депутата, уруккута Амма улууһун кулубата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, учуонай-зоотехник олоро уонна үлэлии сылдьыбыт.
Сигэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Официальный информационный портал Республики Саха (Якутия):Верхневилюйский улус Архыыптаммыт 2013, Атырдьах ыйын 20 күнүгэр.
- Саха Сирин нэһилиэктэрэ:Үөһээ Бүлүү нэһилиэктэрэ Архыыптаммыт 2016, Кулун тутар 5 күнүгэр.
- gosspravka.ru:Верхневилюйский улус
[[Билэ:|25px|Үөһээ Бүлүү улууһа]] | Бу Үөһээ Бүлүү улууһун географиятыгар сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |