1887
Тас көрүҥэ
Сыллар |
---|
1883 1884 1885 1886 — 1887 — 1888 1889 1890 1891 |
Уоннуу сыллар |
1850-с 1860-с 1870-с — 1880-с — 1890-с 1900-с 1910-с |
Үйэлэр |
XVIII үйэ — XIX үйэ — XX үйэ |
1887 сыл.
Туох буолбута
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тохсунньу 28 — Парижка Эйфель башнятын тутуута саҕаламмыт. 1889 сыл кулун тутар 31 күнүгэр тутуу түмүктэммит.
Олунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Олунньу 2 — Пенсильвания штаатыгар аан бастаан Таарбаҕан күнүн бэлиэтээбиттэр.
- Олунньу 20 — Дьокуускайга Уобаластааҕы статистика кэмитиэтигэр харайыыга биэриллибит бизон төбөтүн туһунан мунньах буолбут. Муоһу ханна да ыыппакка Дьокуускайга бэйэтигэр тэриллэр түмэлгэ анаан хаалларарга быһаарыы ылыллыбыт. Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр музей устуоруйатын мантан саҕалыахха сөп.
Муус устар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Муус устар 11 — Дьокуускайга гласнай суут аһыллыбыт. Бу күн үс холуобунай дьыала көрүллүбүт.
- Муус устар 13 — Маалай тыйаатырга «Ойуур оҕолоро» диэн аан дойдуга бастакы сыгаан опереттата туруоруллубут.
Ыам ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ыам ыйын 10 — Александр III ыраахтааҕы Москубаҕа Кыһыл болуоссакка баараҕай Үөһээ эргиэн эрээттэрин тутарга уураах таһаарбыт (кэлин ГУМ).
Сэтинньи
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Сэтинньи 9 — АХШ Гавайи арыыларыгар баар Перл-Харбор хомотун бас билбиттэр. Бу Чуумпу далай хаба ортотугар бэрт табыгастаах сиргэ сытар дириҥ уулаах хомоҕо АХШ флотун базата олохтоммута.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Олунньу 9 — Василий Чапаев — кыһыл хамандыыр, Кырасдааныскай сэрии дьоруойа.
- Алтынньы 3 — Носов Михаил Михайлович (1887 — 1960), Саха норуодунай худуоһунньуга, чинчийээччи-этнограф.
- Алтынньы 6 — Ле Корбюзье — аатырбыт Франция архитектора, модерн архитектура уонна омуктар икки ардыларынааҕы истиил саҕалааччыларыттан биирдэстэрэ.
- Сэтинньи 26 — Григорий Попов — Саха сиригэр төрөөбүт нуучча аҕабыыта, богословие билимин хандьыдаата, уопсастыбаннай диэйэтэл.