Иһинээҕитигэр көс

1994

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сыллар
1990 1991 1992 199319941995 1996 1997 1998
Уоннуу сыллар
1960-с 1970-с 1980-с1990-с2000-с 2010-с 2020-с
Үйэлэр
XIX үйэXX үйэXXI үйэ

1994 сыл.

  • Муус устар 7Руандаҕа геноцид саҕаламмыт (премьер-миниистири уонна харабыл бельгиецтэри өлөрбүттэр, 100 хонук иһигэр 937 тыһ. киһи өлөрүллүбүт).
  • Муус устар 7 — .RU домен баар буолбут. Рунет төрөөбүт күнүнэн ааҕыллар.
  • Муус устар 20 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуонугар кэккэ уларытыылар киирбиттэр: Үрдүкү Сэбиэт оннугар Ил Түмэн, министирдэр кабинеттара уонна премьер-министр оннугар "Бырабыыталыстыба", "Бырабыыталыстыба бэрэстээтэлэ","куорат уонна оройуон сууттара" диэн оннугар "улуус (куорат) сууттара" буолбуттара, олохтоох салайыныы сорох боломуочуйата чопчуламмыта. Ол саҕана Ил Түмэн икки балааталаах этэ: Өрөспүүбүлүкэ балаатата уонна Бэрэстэбиитэллэр балааталара. Бастакыны Е. Ларионов салайара, иккиһи - А. Илларионов.
  • Муус устар 27Михаил Николаев көҕүлээһинэн Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин "1920-1930-с сылларга репрессияламмыт саха норуотун бэрэстэбиитэллэрин үтүө ааттарын сөргүтэр туһунан" 824№ ыйаахха илии баттаабыт.
  • Сэтинньи 20Анголаҕа 19 сыл тухары барбыт гражданскай сэрии түмүктэммит.
  • Сэтинньи 26 — Чэчиэн оппозициятын (Умар Автурханов салайааччылаах Чэчиэн өрөспүүбүлүкэтин быстах кэмнээҕи сэбиэтэ) этэрээттэрэ Грознайы ыла сатаабыттара табыллыбатах. Онно ФСБ лииньийэтинэн кыттыспыт Арассыыйа танкистара Джохар Дудаев сэриитиһиттэригэр билиэҥҥэ түбэспиттэр. Сэтинньи 30 күнүгэр Борис Ельцин Чечняҕа бэрээдэги олохтуур туһунан кистэлэҥ ыйаахха илии баттаабыта, ахсынньы 1 күнүгэр Арассыыйа сөмүлүөттэрэ аэродромнарга турар Чэчиэн Өрөспүүбүлүкэтин сөмүлүөттэрин урусхаллаабытара (ким буомбалаабытын билиммэтэхтэрэ), ахсынньы 11 күнүгэр Арассыыйа аармыйата киллэриллибитэ, Чэчиэн бастакы сэриитэ саҕаламмыта.
  • Ахсынньы 7Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев бэйэтин Ыйааҕынан РФ уонна СӨ бырабыыталыстыбаларын ыккардыларынааҕы "О разграничении и передаче осуществления полномочий в области охраны окружающей среды и использования природных ресурсов" диэн сөбүлэҥин бигэргэппит.
  • Ахсынньы 11 — Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин Чэчиэн Өрөспүүбүлүкэтигэр аармыйа киллэрэргэ дьаһайбыт, Бастакы чэчиэн сэриитэ саҕаламмыт.
  • Ахсынньы 14Кытайга Янцзы өрүһүгэр аарыма улахан «Үс хапчаан» быһыты тутан саҕалаабыттар. «Үс хапчаан» аан дойду саамай ыарахан ыйааһыннаах тутуута буолар, массата 65,5 млн тонна кэриҥэ. Кини уу хаайар сирин толороору өрүс кытылыттан 1,3 млн киһи көһөрүллүбүт. Манна кыталык кыстыыр айылҕата уларыйан, ахсаана аҕыйаабыт.