Иһинээҕитигэр көс

Туой

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Туой — биир эбэтэр хас даҕаны каолинит (Каолин диэн Кытай улууһуттан), монтмориллонит эбэтэр атын алюмосиликат (туойдуҥу минераллар) минераллартан турар, ардыгар кумах уонна карбонат кыырпахтара көстөллөр. Сүрүн тутулуга каолинит минерала: 47% кремний оксида (кварц), 39% — алюминий оксида уонна 14% — уу.

Туой кыырпаҕын кээмэйэ — 0,005 мм кыра буолар; улахан кыырпахтардаах буоллаҕына лёсс диэн ааттанар. Туой сүрүн сур өҥнөөх буолар, ол гынан баран маҥан, кыһыл, кугас, араҥас, от күөҕэ, хара өҥнөөх туойдар көстөллөр, ол араас буккаастартан тутулуктаах.