Иһинээҕитигэр көс

1949

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сыллар
1945 1946 1947 194819491950 1951 1952 1953
Уоннуу сыллар
1910-с 1920-с 1930-с1940-с1950-с 1960-с 1970-с
Үйэлэр
XIX үйэXX үйэXXI үйэ

1949 сыл.

  • Кулун тутар 15 — В.И. Ленин аатынан Бүтүн Союзтааҕы тыа хаһаайыстыба наукаларын Академиятын бэрэсидьиэнэ Лысенко Т.Д. Саха сирин дэлэгээссийэтин кытта көрсүбүт. Дэлэгээссийэни Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин Бэрэссэдээтэлэ Протодьяконов В.А. салайбыта.
  • Кулун тутар 18НАТО үөскээбит.
  • Кулун тутар 25Эстония, Литва уонна Латвия уонунан тыһыынча олохтоохторун күүс өттүнэн Сибииргэ көһөрүү саҕаламмыт. Коллективизация бытаанын сөбүлээбэккэ И.В. Сталин дьону куттаары маннык быһаарыыны ылбыта.
  • Муус устар 1 — Кытай гражданскай сэриитэ (1927-1949): үс сыл сэрии кэнниттэн Кытай хомуньуус баартыйата Гоминьданы (Кытай омугун баартыйатын) кытта Пекииҥҥэ көрсөн эйэлэһии туһунан кэпсэтэ сатаабыттар.
  • Ыам ыйын 5Европа Сэбиэтэ тэриллибит.
  • Ыам ыйын 5 — Саха АССР миниистирдэрин сэбиэтин быһаарыытынан Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникума уонна Холкуостары салайар кадрдар судаарыстыбаннай оскуолалара холбоспуттар[1]
  • Атырдьах ыйын 7Бүлүү өрүскэ Кириэстээх сэлиэнньэ аттыгар Мохсоҕоллоох диэн чэйгэ Фанштейн Г.Х. салалталаах геологтар партиялара 20 караттаах маҥнайгы алмааһы булбута. Сезон бүтүөр диэри бу чэйгэ өссө 22 алмаас булуллубута.
  • Атырдьах ыйын 20Илья Винокуров туруорсуутунан ССРС совминын бэрэстээтэлэ «О мероприятиях по усилению борьбы с туберкулезом в Якутской АССР» диэн Саха сирин дьонун туруктара тупсуутугар улахан суолтаны ылбыт совмин уурааҕар илии баттаабыт.
  1. постановление Совета Министров ЯАССР «О слиянии учебных хозяйств Якутского сельскохозяйственного техникума и Якутской государственной школы руководящих кадров колхозов» (1949)