Атырдьах ыйын 20
Тас көрүҥэ
Атырдьах ыйын 20 диэн Григориан халандаарыгар сыл 232-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 233-c күнэ). Сыл бүтүө 133 күн баар.
Бэлиэ күннэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Венгрия — Венгрия судаарыстыбатын төрүттээччи Стефан I (Иштван) күнэ
- Ииндийэ — Манипури тылын күнэ. Дойду официальнай тылларын испииһэгэр киирбит күнүгэр бэлиэтиллэр.
- Марокко — Өрөбөлүүссүйэ күнэ
- Сенегал — Тутулуга суох буолуу күнэ
- Эстония — Тутулуга суох буолуу сөргүтүллүбүт күнэ
- Кытай — Виноград бэстибээлэ саҕаланар (Турфан куорат)
Аан дойдуга бырдах күнүн бэлиэтииллэр. 1897 сыллаахха Ииндийэҕэ сулууспалыы сылдьыбыт Британия байыаннай бырааһа Рональд Росс бырдах тыһыта кумахы ыарыыны киһиттэн киһиэхэ сыһыарарын арыйбыта, уонна кэлин кумахыны кытта охсуһууга болҕомто тардаары "Бырдах күнэ" диэн ааттаан бэлиэтииргэ ыҥырбыта.
Түбэлтэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 636 — Ярмук кыргыһыытыгар араабтар бэйэлэринээҕэр икки төгүл элбэх ахсааннаах Византия аармыйатын кыайбыттар. Мантан ыла мусульманнар Аравия таһыгар киэҥ сирдэри сэриилээн ылыылара саҕаланар.
- 1619 — Голландия хараабыла Америкаҕа бастакы 20 негр кулуту аҕалбыт. Бу дьону Джеймстаун олохтоохторугар атыылаабыттара.
- 1634 — Москубаҕа Василий Бурцов киэҥ араҥаҕа аналлаах бастакы букубаарын Азбуканы таһаарбыт. Үс сыл буолан баран онтун эбии тупсаран таһаарбыта. Бу Бурцов азбукаларыттан саҕалаан Москуба судаарыстыбатыгар ааҕыы-суруйуу сыаркабы эрэ кытта ситимнэммэт буолбута.
- 1704 — Петр I Швеция кириэппэһин Наарваны ылбыт. Манна устуоруктар үс кэрэхсэбиллээх түгэни бэлиэтииллэр. Бастакыта — нууччалар Меншиков сүбэтинэн сорох дьоннорун шведтэр курдук таҥыннаран баран сымыйаннан көмөҕө кэлбитэ буолбуттар, кириэппэс көмүскээччилэрин таас эркин иһитэн мэҥиэлээн таһаараары. Онтуктара толору сатамматах эрээри (албына эрдэ биллэн хаалан), 150 киһилээх швед кавалерията тахсан биэрбитин үксүн кыргыбыттар. Иккиһэ — Наарваны ылыы кэмигэр саба түһээччилэр саллааттары эрэ буолбакка, олохтоохтору кытта кырган, халаан-талаан барбыттарын Петр I бэйэтинэн биир нуучча саллаатын өлөрөн тохтоппут. Үсүһэ — өрүс нөҥүө турар Иван-куорат кириэппэһин шведтэр өссө да биир нэдиэлэ тутан олорбуттара, онтон бэриммиттэрин кэннэ швед гарнизонун дуоҕата уонна барабаана суох Ревельгэ ыытан кэбиспиттэрэ.
- 1741 — капитан-командор Витус Беринг Алясканы арыйбыт.
- 1794 — Арассыыйаны уонна Пруссияны утары Костюшко өрө туруута: Великопольшатааҕы өрө туруу саҕаламмыт.
- 1858 — Чарлз Дарвин саҥа арыйбыт Эволюциятын түөрүйэтин сурунаалга бэчээттэппит.
- 1861 — Дьокуускайга уобалас бырабылыанньатын иһинэн типография аһыллыбыт.
- 1905 — Токиоҕа Кытай революционера Сунь Ятсен моньчуурдары былаастан үүрэр уонна өрөспүүбүлүкэ олохтуур сыаллаах «Тунмэнхой» диэн кистэлэҥ уопсастыба тэрийбит. «Тунмэнхой» 1911-1912 сыллардааҕы Синьхай өрөбөлүүссүйэтин сүрүннээн оҥорбута уонна сыалларын ситиспитэ.
- 1940 — Мехико куоракка күрээн олорбут Лев Троцкайы өлөрдүү бааһырдыбыттар. Сарсыныгар өлбүтэ.
- 1944 — Аан дойду иккис сэриитэ: Сэбиэскэй Сойуус кимэн киириититтэн Румыния иһин кыргыһыы саҕаламмыт.
- 1949 — Илья Винокуров туруорсуутунан ССРС совминын бэрэстээтэлэ «О мероприятиях по усилению борьбы с туберкулезом в Якутской АССР» диэн Саха сирин дьонун туруктара тупсуутугар улахан суолтаны ылбыт совмин уурааҕар илии баттаабыт.
- 1960 — Космостан аан бастаан тыыннаах харамайдар — Белка уонна Стрелка диэн ыттар — этэҥҥэ төннөн кэлбиттэр.
- 1968 — Варшаватааҕы сөбүлэҥ сэриилэрэ өрө турууну хам баттыыр соруктаах Чехословакияҕа киирбиттэр. Албания уонна Румыния кыттартан батыммыттар. ГДР-тан аҕыйах испэсэлиис кыттыбыт.
- 1988 — Ираан-Ираак сэриитэ: аҕыс сыл кэриҥэ барбыт сэрии кэнниттэн уоту тохтотор туһунан сөбүлэҥ түһэрсиллибит.
- 1991
- 1992 — Ииндийэҕэ манипури тыла (иккис аата мейтей) Ииндийэ судаарыстыбатын официальнай тылларын ахсааныгар киллэриллибит.
- 1998 — Канаада Үрдүкү суута Квебек федеральнай бырабыыталыстыбаттан көҥүлэ суох Канаада састаабыттан тахсар бырааба суоҕун туһунан уураах таһаарбыт.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1920 — Арҕаа Хаҥалас I Дьөппөн нэһилиэгэр Иван Алексеев (1999 с. өлб.) — экэнэмиис, бэлиитикэ диэйэтэлэ, САССР үбүн миниистирэ (1974-88), САССР Үрдүкү Сэбиэтин алта ыҥырыытын дьокутаата, РСФСР үтүөлээх экэнэмииһэ, Дьокуускай уонна Гринвель (Миссисипи штаат, АХШ) куораттар ытык олохтоохторо.
- 1927 — Эдуард Рыбаковскай (18.07.2010 өлб.) — биллиилээх суруналыыс, 1991-2002 сс. «Якутия» хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ.
- 1933 — Степан Дадаскинов (2011 с. өлб.) — РСФСР уонна Саха АССР култууратын үтүөлээх диэйэтэлэ, суруналыыс, бэйиэт уонна прозаик. Эдэр сылдьан биэксэллээбитэ. Араадьыйаҕа уонна тэлэбиидэнньэҕэ үлэлиир кэмигэр "Геван" устуудьуйаны төрүттээбитэ.
- 1936 — Иван Константинов (26.03.1977 өлб.) — устуоруйа билимин хандьыдаата, Саха сирин былыргытын чинчийбит археолог.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 2002 — Михаил Кочнев — Саха АССР олоххо-дьаһахха миниистирэ (1983—1987), өр сылларга Алдан улууһун уонна Нерюнгри куоратын салайбыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин ытык киһитэ.
|