1955
Тас көрүҥэ
Сыллар |
---|
1951 1952 1953 1954 — 1955 — 1956 1957 1958 1959 |
Уоннуу сыллар |
1920-с 1930-с 1940-с — 1950-с — 1960-с 1970-с 1980-с |
Үйэлэр |
XIX үйэ — XX үйэ — XXI үйэ |
1955 сыл.
Туох буолбута
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Тохсунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тохсунньу 25 — АХШ Конгреһа Тайваны көмүскүүргэ сэбилэниилээх күүстэри туһанарга куоластаабыт.
Олунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Олунньу 12 — ССРС Миниистирдэрин Сэбиэтэ Байконур космодромун тутарга уураах таһаарбыт.
- Олунньу 28 — үөрүүлээх быһыыга-майгыга "Ханой — Пекин — Москуба — Берлин" тимир суол маршрута аһыллыбыт.
Кулун тутар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Кулун тутар 29 — Москубаҕа учуонай Юрий Кнорозов майя омук суругун-бичигин туһунан хандьыдаат диссэртээссийэтин көмүскээбит. Кнорозов аныгы дьонтон бастакынан майя суругун аахпыт киһи буолар. Арыйыы уһулуччу буолан быһаччы дуоктар истиэпэнин иҥэрбиттэр.
Муус устар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Муус устар 12 — Джонас Солк оҥорбут полиомиелит утары быһыыта АХШ-ка тургутууну ааһан куттала суоҕунан билиниллибит. Ол саҕана дойдуга сылын ахсын бу кутталлаах ыарыынан 50 тыһ. тахса киһи ыалдьара. Уон сыл анараа өттүгэр бу күн полиомиелиттан сылтаан босхоҥ буолбут АХШ бэрэсидьиэнэ Франклин Рузвельт өлбүт эбит.
- Муус устар 18 — Индонезия Бандунг куоратыгар бастакы Азия-Африка дойдуларын кэмпиринсийэтигэр 29 дойду кыттыбыт.
Ыам ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ыам ыйын 2 — Ииндийэ түмэнэ каастанан баттааһыны бобор туһунан сокуону ылыммыт.
- Ыам ыйын 9 — Арҕаа Германия НАТО-ҕа киирбит.
- Ыам ыйын 14 — ССРС, Албания, Болгария, Венгрия, ГДР, Польша, Румыния уонна Чехословакия Варшава сөбүлэҥэр илии баттаабыттар.
Бэс ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Бэс ыйын 2 — Байконур космодрома олохтоммут.
- Бэс ыйын 2 — ССРС уонна Югославия дьупулумааттыы сыһыаннарын салҕаабыттар (1948 сыллаахтан өйдөспөккө быһа сылдьыбыттара).
- Бэс ыйын 13 — Саха сирин арҕаа өттүгэр геологтар этэрээттэрэ (Юрий Хабардин, Екатерина Елагина, Владимир Авдеенко, оробуочайдар Серафим Жуков, Григорий Герасимов, каюр Иннокентий Иевлев) алмаас таас үөскээбит сирэ булуллубут — «Мир» диэн ааттаммыт кимберлит трубката. Бу күнтэн аҕа дойду алмааһы хостуур промышленноһа сайдан барар.
- Бэс ыйын 13 — Миирнэй куорат олохтоммут (сэтинньи 30, 1956 с. оробуочай бөһүөлэк статуһун ылбыт; муус устар 3, 1959 с. өрөспүүбүлүкэ иһинээҕи куорат буолбут; 1965 с. Миирнэй оройуонун киинэ буолбут).
- Сэтинньи 1 — 19,5 сыллаах АХШ Вьетнамҥа сэриитэ саҕаламмыт. Бу иннинэ аҕай Вьетнам Франция былааһын утары өрө туран босхоломмута уонна хомуньуустуу сайдыы суолун диэки охтубута.
- Ахсынньы 1 — АХШ -ка Монтгомери диэн куоракка хара тириилээх иистэнньэҥ Роза Паркс автобуска миэстэтин үрүҥ тириилээх киһиэхэ туран биэрбэтэх. Ол иһин кини тутуллубут уонна 10 доллар штрафка ууруллубут. Мантан сылтаан улахан бырачыастар саҕаламмыттара, хара тириилээхтэр автобустарга бойкот биллэрбиттэрэ.
- Ахсынньы 8 — Европа Сүбэтэ Европа былааҕын ылыммыт.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тохсунньу 28 — Николя Саркози, Франция президенэ
- Олунньу 24 — Стив Джобс — Америка инженерэ уонна айааччыта, урбаанньыт, Apple хампаанньа төрүттээччитэ уонна бастакы салайааччыта.
- Муус устар 5 — мангака Акира Торияма, Японияҕа Айти префектураҕа.
- Муус устар 5 — Пермь куоракка Вячеслав Горе́лов – нуучча түмэт урбаанньыта, “Фермердэр оскуолалара” эрэгийиэннээҕи уопсастыбаннай тэрилтэ төрүттээччитэ.
- Муус устар 13 — Ирина Хакамада — экономист, бэлиитик, суруналыыс, публицист. Аҕата — дьоппуон хомуньууһа, сэрии кэмигэр билиэннэй быһыытынан сэбиэскэй хаайыыга олорбут, сэрии кэнниттэн Хабаровскайга олорбут, нуучча тылын үөрэппит дьахтары ойох ылбыт.
- Ыам ыйын 28 — Сунтаар Түбэйигэр бэйиэт, суруналыыс, түмэт диэйэтэл Иван Николаев - Уххан.
- Бэс ыйын 2 — Ларионова Анна Семеновна — искусствоведение дуоктара.
- Бэс ыйын 30 — Тумусов Федот Семенович — Саха сирин бэлиитигэ, Госдуума дьокутаата
- От ыйын 18 — Гаврильев Кирилл Петрович — саха живописеһа.
- Балаҕан ыйын 20 — Попова Наталья Иннокентьевна — филология билимин хандьыдаата
- Алтынньы 28 — Билл Гейтс — АХШ урбаанньыта уонна түмэт диэйэтэлэ, Microsoft корпорация төрүттээччитэ, өр сылларга аан дойду саамай баай киһитэ буола сылдьыбыта.
- Ахсынньы 24 — Винокурова Декабрина Михайловна — социология билимин хандьыдаата, доцент.