Сэтинньи 1
Тас көрүҥэ
Сэтинньи 1 диэн Григориан халандаарыгар сыл 305-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 306-c күнэ). Сыл бүтүө 60 күн баар.
Бэлиэ күннэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Аан дойдутааҕы веган күнэ
- Леннокс-Гасто синдромун туһунан билии аан дойдутааҕы күнэ
- Алжир — Өрөбөлүүссүйэ күнэ
- Арассыыйа — Суут приставын күнэ
- Антигуа уонна Барбуда — Тутулуга суох буолуу күнэ (Британияттан, 1981)
- Баҥладеш, Мьянма, Ииндийэ (хотугулуу илин өттө) — Чаванг Кут
- Болгария — Дойду уһуктуутун күнэ
- Бутан — Друк Гьялпо V хоруоналаммыт күнэ
- Виргин Арыылара (АХШ) — Көҥүл күнэ
- Ииндийэ (Чхаттисгарх) — Чхаттисгарх Раджётсава
- Ииндийэ (Карнатака) — Карнатака Раджотсава
- Ииндийэ (Керала) — Керала күнэ
- Кыргыстаан — Милиция күнэ
- АХШ — Национальнай тиис суунар суокка күнэ
- Япония — Бэйэни көмүскэнии күүстэрин күнэ
- Бары сибэтиэйдэр күннэрэ — католицизм тарҕаммыт дойдуларыгар.
- Миэксикэ, Гуатемала, Никарагуа, Гондурас, Эл Салвадор — Өлбүттэр күннэрэ (Сэтинньи 1-2 күннэрэ)
Түбэлтэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1512 — Римҥэ Микеланджело ойуулаабыт Сикстин капеллатын үрдэ дьоҥҥо көрдөрүллүбүт.
- 1520 — Фернан Магеллаан Соҕуруу Америка соҕуруу өттүн уонна онно баар арыылар ыккардыларынан ааспыт. Бу устарга сэрэхтээх уонна синньигэс силбэһиини кини аатынан ааттаабыттара. Былыр (XIX үйэҕэ диэри) бу арыыларга уонна материк кытылыгар элбэх олохтоох омуктар олорбуттара, кэлин бары кэриэтэ европеецтар аҕалбыт ыарыыларыттан сылтаан суох буолбуттара.
- 1640 — Семен Дежнев Амма, Таатта сирдэригэр аттаммыт.
- 1649 — Нуучча кэккэ атыыһыттара уорууга түбэһэн дьиэ кэргэттэрин кытта Саха Сиригэр көскө ыытыллыбыттар.
- 1755 — Португалия киин куоратыгар Лиссабоҥҥа сүүнэ кыахтаах сир хамсааһына буолбут. 5 миэтирэҕэ тиийэ кэтиттээх сир хайа барыылара куорат киин өттүн тулалыыр сиртэн ойуннарбыттар. Сир хамсааһынын кэнниттэн 20 миэтирэҕэ тиийэ үрдүктээх цунами куораты урусхаллаабыт. Түмүгэр куорат 275 тыһыынча олохтооҕуттан 90 тыһыынчаҕа тиийэ киһи өлбүт.
- 1868 — Дьокуускай епискоба Үөһээ Дьааҥыга уонна Халыма уокуруктарыгар айаҥҥа туруммут. Бу сырыытыгар таҥараһыт аара баар таҥара дьиэлэрин туруктарын, үлэлэрин-хамнастарын көрүтэлээн ааспыт.
- 1911 — Ливияҕа Италия-Турция сэриитин кэмигэр бастакы салгынтан бомбалааһын буолбут. Италия лейтенана Джулио Гавотти көтөр аалтан икки кыра бомбаны бырахпыт.
- 1917 — Үөһээ Дьааҥы хамыһаара Өлөксөй Кулаковскай дойду туругун туһунан дакылаат түһэрбит.
- 1922 — Арассыыйа Федерацията Саха сиригэр автономия олохтоммутунан сибээстээн түүлээҕи Арассыыйаҕа ыыппакка оннугар хаалларарга быһаарбыт.
- 1922 — Осман Импиэрийэтин бүтэһик султана Мехмед VI бүрүстүөлүттэн батыммыт уонна дойдутуттан көскө барбыт. Инньэ гынан 6 үйэлээх Осман Импиэрийэтэ эһиллибит.
- 1928 — Мустафа Кемал Ататүрк тус көҕүлээһининэн туурак тыла арабтыы алпыбыыттан латыынныы алпабыыкка көһөрүн туһунан сокуон ылыллыбыт. Аны биир ыйынан хаһыаттар, сурунааллар, киинэ субтитрдара, реклама, бэлиэлэр бары саҥа алпабыытынан суруллан саҕалыахтаахтара.
- 1944 — Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэ куукулатын театра үлэтин саҕалаабыт.
- 1954 — ССРС Миниистирдэрин Сэбиэтэ Үөһээ Бүлүүгэ Нам нэһилиэгэр механизаатардары үөрэтэн таһаарар училищены арыйарга ыйаахтаабыт.
- 1955 — 19,5 сыллаах АХШ Вьетнамҥа сэриитэ саҕаламмыт. Бу иннинэ аҕай Вьетнам Франция былааһын утары өрө туран босхоломмута уонна хомуньуустуу сайдыы суолун диэки охтубута.
- 1963 — Пуэрто-Рикоҕа аарыма улахан 304,8 м диаметрдаах Аресибо радиотелескоп үлэтин саҕалаабыт. 2016 сыллаахха Кытайга 500 м диаметрдаах FAST радиотелескоп тутуллуор дылы аан дойдуга саамай улахан этэ.
- 1991 — Норуот дьокутааттарын сийиэһэ Арассыыйаҕа быыбарга биир сыллаах мораторий биллэрбит (экэниэмикэ реформатын олоххо киллэрии кэмигэр). Ону таһынан үрүҥ-күөх-кыһыл былааҕы Арассыыйа былааҕынан бигэргэппит.
- 1993 — Европа Сойууһун олохтуур Маастрихт дуогабара күүһүгэр киирбит. Европа Сойууһа биир өттүттэн судаарыстыбалар холбоһуктара буолар, биир өттүттэн бэйэтэ судаарыстыба буолар. Билигин Европа Сойууһугар 27 дойду киирэр, нэһилиэнньэтин ахсаана 453 мөлүйүөн киһи, экэниэмикэтин сабардамынан быһа холоон АХШ уонна Кытай тэҥнээхтэрэ.
- 1993 — Туркменистааҥҥа бэйэлэрин харчылара — манат — олоххо киирбит
- 1997 — Арассыыйаҕа «Култуура» тв-хаанал үлэтин саҕалаабыт.
- 1998 — Европатааҕы киһи быраабын суута олохтоммут.
- 2005 — Биики Сонун нууччалыы салаата аһыллыбыт.
- 2015 — Арассыыйаҕа «Матч ТВ» ханаал үлэтин саҕалаабыт.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1841 — Ибрай Алтынсарин — хаһаах уопсастыбаннай диэйэтэлэ, сырдатааччыта, Казахстаҥҥа элбэх оскуоланы арыйбыта.
- 1906 — Сара Садыкова — татаар композитора, актриса уонна ырыаһыт. Татаардартан бастакы композитор идэлээх дьахтар.
- 1907 — Сергей Асямов (30.04.1942 өлб.) — лётчик, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа (20.06.1942), майор. Сэрии иннинэ Саха сиригэр Главсевморпуть Өлүөнэтээҕи авиациятын бөлөҕөр лүөччүктээбитэ.
- 1932 — Константин Шубин - Полярнай — дулгаан бэйиэтэ, суруйааччыта.
- 1963 — Татьяна Оглезнева — устуоруйа билимин хандьыдаата.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1993 — Авксентий Мординов — сахаттан бастакы бөлүһүөк-учуонай; философия билимин дуоктара, профессор, Арассыыйа билимин үтүөлээх диэйэтэлэ.
- 2008 — Вадим Кузьмин — техника билимин дуоктара, профессор, СӨ НА академига.
|