Иһинээҕитигэр көс

Бэс ыйын 2

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Бэс ыйын 2 диэн Григориан халандаарыгар сыл 153-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 154-c күнэ). Сыл бүтүө 212 күн баар.

  • Таҕыл үлэһиттэрин күнэ (ааҥл. International Sex Workers Day). 1975 сыллаахха Францияҕа Лион куоракка сүүстэн тахса сэлээрчэх дьахтар полиция батталын утары демонстрация оҥорбут. Хойут бу күнү таҕылы ханнарар үлэлээх дьон дьылҕаларыгар болҕомто тардаары аан дойдуга бэлиэтиир буолбуттар
  • 455Бандааллар (урут Висла уонна Одер өрүстэргэ, Паннонияҕа олоро сылдьыбыт, гууннартан күрэнэн Пиреней хайаларын туораан Италияҕа олохсуйбут гэрмээннэр биис уустара) Римҥэ киирбиттэр уонна икки нэдиэлэ устата бу куораты халаабыттар.
  • 1571 — Хаан Гирей Москуба куоракка 40 тыһыынча киһилээх сэриилээх кэлбит.
  • 1856Амыр уонна Зея өрүстэрин силбэһиилэригэр Амыр уобалаһын киинэ Благовещенскай куората олохтоммут.
  • 1896Улуу Британияҕа Италияттан төрүттээх Гульельмо Маркони араадьыйаҕа патент ылаары сайаапка түһэрбит.
  • 1897Эмиэрикэ суруйааччыта Марк Твен бэйэтэ өлбүтүн туһунан сураҕы мэлдьэһээри Лондонтан телеграмма ыыппыт: "Мин өлүүм туһунан сурахтар алыс дэмнээх дарбатыылаахтар".
  • 1896Боотур Уус улууһугар өр кэмҥэ көскө олорон саха тылын кырамаатыкатын чинчийбит Сергей Ястремскай (1857—1931) босхолонон Иркутскайга, онтон салгыы Одессаҕа көһөн барбыт. Бу Харьков дэбэрээнин уола 1886 с. Саха сиригэр көскө ыытыллыан иннинэ ,устудьуоннуу сылдьан өрөбөлүүссүйэни бэлэмниир үлэҕэ кытынна диэн буруйданан 9 сыл хаатыргаҕа сылдьыбыта. Саха сиригэр уон сыл олорбута.
  • 1924АХШ индиэйэстэрэ гражданство ылбыттар.
  • 1928 — Саха сирин ВКП(б) обкуомун бүрүөтэ «Саха омук» уопсастыбаны бобор туһунан уураах ылыммыт. Бобуу төрүөтүнэн уопсастыбаҕа «сэбиэттэри утарар дьон» (антисоветские элементы) киирэллэрэ, оттон салалтатыгар «омугумсук интэлигиэннэр» (националистически настроенная интеллигенция) киирэллэрэ буолбут. Бу дьиҥнээх төрүөтүнэн Павел Ксенофонтов уонна Михаил Артемьев бастаанньалыыр этэрээттэрин эһии түмүгэ этэ.
  • 1931 сыллаахха Горнай оройуона тэриллибит. Арҕаа Хаҥалас уонна Нам оройуоннарын уһук нэһилиэктэрин сирин туспа оройуон гыммыттара.
  • 1953Елизавета II Холбоһуктаах Хоруоллук, Канаада, Австралия, Саҥа Зеландия уонна да атын сирдэр ыраахтааҕылара, ону тэҥэ Дойдулар холбоһуктарын баһылыга буолбут. Тэлэбиидэнньэнэн киэҥник көрдөрүллүбүт аан дойдуга бастакы тэрэнсэлээссийэ оҥоһуллубут.
  • 1955Байконур космодрома олохтоммут.
  • 1955 — ССРС уонна Югославия дьупулумааттыы сыһыаннарын салҕаабыттар (1948 сыллаахтан өйдөспөккө быһа сылдьыбыттара).
  • 1962 — Новочеркасскай куоракка сыананы үрдэтиини утары күргүөмнээх хаамыыны(демонстрация) ытыалаабыттар. Бу кэмҥэ ССРС-ка ас-үөл тиийбэт түгэнэ буола сылдьыбыта, Хрущев аан бастаан кыраныысса таһыттан бурдугу атыылаһарга күһэллибитэ. Мантан сылтаан сыана үрдээбитэ. Холобур эт сыаната ортотунан 31%. Ытыалааһын кэмигэр 24 киһи уулуссаҕа өлбүтэ, ол иһигэр тааҥкалары, саллааттары көрө тиийбит оҕолор. Өссө сэттэ киһини суут бириигибэринэн ытан өлөрбүттэрэ.. Бу быһылаан кистэммитэ, бэчээккэ 90-с сс. эрэ кэпсээбиттэрэ. Өссө элбэх, баҕар тыһыынчаннан киһи өлүөҕүн генерал Шапошников бирикээһи толорботоҕо абыраабыта: "Тааҥканнан атаакалыырга иннибэр өстөөҕү көрбөппүн" — диэбитэ уонна саллааттартан ботуруоннарын хомуттаран ылбыта. Кэлин генералы бу түбэлтэ туһунан суруйааччыларга сурук суруйбутун иһин "антисоветскай пропагандаҕа" күтүрээн холуобунай дьыала тэрийэ сылдьыбыттара.
  • 1996 — Санкт-Петербург күбүрүнээтэринэн Владимир Яковлев талыллыбыт. Саха сиригэр Өлүөхүмэҕэ 1944 с. төрөөбүтэ. Сэрии кэмигэр 1942 с. ийэтэ Хильма Ляхитнен диэн ингерманланд омук дьахтара Ленинград Лимузи дэриэбинэтиттэн көскө ыытыллыбыта.
  • 2000 — Святослав Фёдоров, аан дойдуга аатырбыт харах бырааһа, сөмөлүөт саахалыгар өлбүт.
  • 2005 — МТС хампаанньа Саха Сиригэр үлэлиирин туһунан биллэрбит, атыылыыр офиһын аспыт.
  • 1927Кытай устуоруга, таҥхалыыр уҥуохха суруктары уонна былыргы айымньылары чинчийбит Ван Говэй (Уоҥ Гуоуэй). Олоҕун бүтэһик сылларыгар Монгуол Импиэрийэтин устуоруйатын үөрэппитэ.
  • 2010 — Надежда Докалова (1957 с. төрөөбүт), хотугу норуоттар ырыаларын айааччы уонна ырыаһыт.


  1. История российского праздника «День здорового питания и отказа от излишеств в еде».
  2. Фестиваль ананаса в Таиланде - 2 июня. История и особенности праздника в проекте Календарь Праздников 2020<