Кулун тутар 3
Тас көрүҥэ
Кулун тутар 3 диэн Григориан халандаарыгар сыл 62-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 63-c күнэ). Сыл бүтүө 303 күн баар.
Бэлиэ күннэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ХНТ — Айылҕа аан дойдутааҕы күнэ[1]
- Суруйааччы аан дойдутааҕы күнэ
- Кулгаах чөл туругун уонна истиини харыстыыр күн[2]
- Болгария — Осмааннар батталларыттан босхолонуу күнэ
- Виргиния, АХШ — Босхолонуу уонна көҥүл күнэ (Шарлоттсвилль)
- Грузия — Ийэ күнэ
- Кыргыстаан — Былаах күнэ
- Малави — Суорума суолламмыттар күннэрэ
- Ливан — Учуутал күнэ
- Эгиипэт — Спортсмен күнэ
- Япония — Хинамацури — кыргыттар эбэтэр куукулалар күннэрэ.
Түбэлтэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 724 — Гэнсё дьахтар ыраахтааҕы бүрүстүөлтэн батыммыт, Япония импэрээтэринэн кини аймаҕа Сёму буолбут.
- 1575 — Улуу Моҕуоллар импэрээтэрдэрэ Акбар Бенгалия султаанын Дауд-хан Каррани сэриитин Тукарой аттынаҕы кыргыһыыга кыайбыт.
- 1799 — Федор Ушаков адмирал хамаандалаах Арассыыйа уонна Туурсуйа сэриилэрэ Корфу кириэппэһи төгүрүктээһиннэрэ француз гарнизона бэриниитинэн түмүктэммит. Төгүрүктээһин алтынньыттан саҕаламмыта. Федор Ушаков Средиземнэй байҕалга Александр Суворов Италияҕа уонна Швейцарияҕа кимэн киириитин өйүүр соруктаах ыытыллыбыта. Ол туһугар кини эскадрата Иония арыыларын Францияттан былдьыахтааҕа. 1798 сыл алтынньытыгар француз гарнизоннара Цифера, Закинф, Кефалония уонна Лефкада арыылартан үүрүллүбүттэрэ, Корфу эрэ арыы хаалбыта.
- 1857 — Опиум иккис сэриитэ: Франция уонна Британия Кытайга сэрини биллэрбиттэр.
- 1861 — Александр II ыраахтааҕы Крепостнойдары босхолуур туһунан манифест таһаарбыт.
- 1878 — Арассыыйа-Туурсуйа сэриитэ Болгария Осмаан импиэрийэтиттэн тутулуга суох буолуутунан түмүктэммит, Сан-Стефаннааҕы сөбүлэҥҥэ илии баттаммыт.
- 1910 — түүр тылларын аатырбыт чинчийээччитэ Сергей Малов Кытай Ганьсу провинциятыгар Алтун йаруг диэн ааттанар былыргы уйгуурдуу суруллубут буддизм итэҕэлин толору тиэкиһин булбут.
- 1918 — Брест-Литовскайдааҕы эйэ дуогабарыгар Арассыыйа илии баттаан Аан дойду сэриититтэн тахсыбыт, Германия Прибалтиканы, Белоруссияны уонна Украинаны хонтуруоллуур буолбут. Ону таһынан Туурсуйа Ардаганы, Карсы уонна Батуму хонтуруруоллурр кыахтаммыт.
- 1923 — Курашов уонна Мизин этэрээттэрэ Саһыл Сыһыы осадатын устубуттар.
- 1925 — РКП (б) уонна космомол Тааттатааҕы ячейкалара бэйэлэрин холбоһуктаах мунньахтарынан учуутал Василий Софроновы (1882-1928) Үлэ Дьоруойа оҥорорго уураах таһааран туруорсубуттар. Бу киһи суруйааччы Аалампа улахан убайа этэ, үлэтин 1904 с. Кириэс Халдьаайы оскуолатыттан саҕалаабыта. Кэлин Чычымах, Чөркөөх, Ытык Күөл оскуолаларыгар ситиһиилээхтик үлэлээбитэ.
- 1936 — Улахан Невер тимир суол станциятыттан Дьокуускайга олунньу 4 күнүгэр арахпыт Челябинскай тыраахтар собуотугар оҥоһуллубут бастакы ЧТЗ "Сталинец - 60" тыраахтардар бэйэлэрэ айаннаан кэлбиттэр. Эспэдииссийэҕэ 7 тыраахтар, 32 киһи кыттыбыт[3]. Соруктара — бастаан Улахан Невертэн таһаҕаһы Дьокуускайга, онтон салгыы хоту баран Турий взвоз диэн сиргэ Алдан өрүскэ мууска тоҥон хаалбыт таһаҕаһы Дьокуускайга тиэрдии этэ. Бу айан "Хаардаах бохуот" (Снежный поход) диэн ааттаммыта. Бу иннинэ ЧТЗ тыраахтар -50 кыраадыска үлэлии илигэ. Сойутар уу оннугар тыраахтырдарга кыраһыын куппуттара, гусеницатыгар анал сакааһынан оҥоһуллубут "шпоралары" кэтэрдибиттэрэ, тыраахтар мотуорун айан кэмигэр умулларбаттара, тырахтарыыстар солбуйса-солуйса үлэлииллэрэ. Челябинскайтан үс инженери командировкалатан айан кэмигэр тыраахтардар туруктарын көрдөрбүттэрэ. Иркутскайга эмиэ анал сакааһынан улахан уйуктаах сыарҕалары оҥотторбуттара. 2018 сыллаахха бу эспэдииссэйэҕэ анаан Дьокуускайга С-60 тыраахтар мэҥэтэ турбута[4].
- 1944 — ССРС-ка эписиэрдэргэ аналлаах Нахимов уонна Ушаков уордьаннара олохтоммуттар.
- 1947 — Москубаҕа Эдэр суруйааччылар бастакы бүтүн Сойуустааҕы мунньахтара аһыллыбыт. Түмүктүүр мунньах кулун тутар 10 күнүгэр буолбут. Бу мунньахха саха бэйиэтэ Леонид Попов кыттыбыта, онно сылдьан билсибит тылбаасчыттара кэлин кини саха бэйиэттэриттэн саамай элбэхтик тылбаастанар буолуутугар көмөлөспүттэрэ[5].
- 1992 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнин 86№ ыйааҕынан сыллаахха «Саха» НКИХ олохтоммута. САССР тэлэбиидэнньэҕэ уонна араадьыйаҕа судаарыстыбаннай кэмитиэтин утумнаабыта.
- 2015 — Алдан улууһун саҥа былааҕа бигэргэтиллибит.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1878 — Емельян Ярославскай (дьиҥнээх аата Миней Израилевич Губельман; уруккутунан олунньу 19 күнүгэр) — Саха сиригэр көскө сылдьыбыт революционер.
- 1895 — Рагнар Фриш, Норвегия экономиhа.
- 1903 — Анна Неустроева — саха дьахталларыттан ССРС суруйааччыларын Сойууһун бастакы чилиэнэ, оҕо суруйааччыта, фольклору хомуйааччы, түмэт диэйэтэл. Саха литэрэтиирэтин төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ Ньукулай Неустроев бииргэ төрөөбүт балта.
- 1928 — Афанасий Собакин — саха живописеһа.
- 1929 — Михаил Федоров (Ырыа Миисэ) — Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ.
- 1933 — Орджоникидзе оройуонун (билигин Хаҥалас) Нөмүгүтүгэр Анна Кузьмина — Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, драма уонна киинэ артыыһа.
- 1941 — Айсен Дойду — бэйиэт, прозаик, драматург, киносценарист, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун уонна Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, СӨ киинэ уһулааччыларын сойууһун чилиэнэ.
- 1960 — Петр Баснаев — П. А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын артыыһа, тыйаатыр уонна киинэ артыыһа.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1927 — Михаил Арцыбашев (1878 төр.), нуучча суруйааччыта, драматург уонна публицист.
- 1991 — Бодойбоҕо 1912 с. төрөөбүт (ол саҕана Саха уобалаһыгар киирэрэ), 1926—1927 сс. Дьокуускай тыйаатырыгар үлэлии сылдьыбыт ССРС норуодунай артыыһа Всеволод Якут (дьиҥнээх араспаанньата Абрамович). Тыйаатырга саамай биллибит оруола Москубатааҕы Ермолова тыйаатырыгар "Пушкин" диэн испэктээкилгэ сүрүн оруол, бу оруолу 20 сыл тухары 840 төгүл сыанаҕа оонньообут.
|
- ↑ Международные дни(нууч.). www.un.org (6 Тохсунньу 2015). Тургутулунна 13 Тохсунньу 2020.
- ↑ 3 марта – Всемирный день слуха(нууч.).
- ↑ «Великий поход тракторов»: как ЧТЗ С-60 Якутию покоряли
- ↑ Ровно 85 лет назад машины с маркой «ЧТЗ» отправились в легендарный «Снежный поход»
- ↑ Харлампьева Н.И. Семен Данилов. — 2-е изд., испр.. — М.: Молодая гвардия, 2021. — С. 32. — 285 с. — (Жизнь замечательных людей). — 1000 экз. — ISBN 978-5-236-04489-0