Балаҕан ыйын 26
Тас көрүҥэ
Балаҕан ыйын 26 диэн Григориан халандаарыгар сыл 269-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 270-c күнэ). Сыл бүтүө 96 күн баар.
Бэлиэ күннэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Аан дойдутааҕы контрацепция күнэ
- Европа Сойууһа — Европатааҕы тыллар күннэрэ
- Кытай, Кытай Өрөспүүбүлүкэтэ (Тайвань), Гонконг — Күһүн ортото
- АХШ — Үтүө ыаллыылар күннэрэ
- Эквадор — Дойду былааҕын күнэ
- Саҥа Зеландия — Доминион күнэ (1907, Улуу Британияттан тутулуга суох буолуу)
- Йемен — Өрөбөлүүссүйэ күнэ
Түбэлтэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Б. э. и. 46 сыл – Фарсала анныгар кыргыһыы кэмигэр биэрбит андаҕарын толорон Юлий Цезарь Риимҥэ тутуллубут бөдөҥ храмы Венераҕа анаабыт. Билигин храамтан үс колонна ордон хаалбытын Риимҥэ көрүөххэ сөп.
- 715 — Компьен аттынааҕы кыргыһыыга Рагенфрид урукку франктар герцогтарын сиэнин Теудоальды кыайбыт.
- 1087 — Вильгельм II Англия хоруонатын кэппит, 1100 сыллаахха диэри бүрүстүөлгэ олобута.
- 1345 — Фризтэр Варнс аттынааҕы кыргыһыыга Голландияны кыайбыттар. Нидерланд хоту өттүгэр Фрисландия диэн региоҥҥа олорор фриз омуктар (фриз тылынан 470 тыһ. киһи саҥарар) билигин да бу күнү киэҥник бэлиэтииллэр.
- 1580 — Аатырбыт Англия пирата Фрэнсис Дрейк аан дойдуну эргийэн дойдутугар тиийбит.
- 1629 — Речь Посполита уонна Швеция ыккардыларыгар Альтмаркатааҕы сөбүлэҥ түһэрсиллэн 1600—1629 сыллар устата буолбут Польша-Швеция сэриилэрэ түмүктэммиттэр.
- 1687 — Венеция аармыйата Афины куораты ытыалааһынын кэмигэр Парфенон храм урусхалламмыт.
- 1799 — Иккис коалиция сэриитин кэмигэр Массена салалталаах француз аармыйата Корсаков хамаандалаах нуучча сэриитин Швейцарияҕа Цюрих анныгар кыайбыт. Иккис коалиция сэриитэ (1798/9 – 1801/2, хайдах ааҕартан тутулуктаах) диэн Британия, Австрия уонна Арассыыйа импиэрийэлэрин салалтатынан, кинилэри өйүүр Осмаан импиэрийэтэ, Португалия, Неаполь уонна ньиэмэс тутулуга суох монархиялара (ол саҕана Германия холбоһо илигэ) кыттыгастаах Франция Өрөспүүбүлүкэтин утары сэриилэрэ этэ, соруктара — Францияны мөлтөтүү уонна дойдуга хоруолу төнүннэрии. Бу хотторууттан сылтаан Арассыыйа сэрииттэн тахсарга күһэллибитэ.
- 1854 — Кырыым сэриитин кэмигэр Англия, Франция уонна Осмааннар импиэрийэлэрин холбоһуктаах сэриилэрэ Севастополь куораты осаадалаабыттар. Куораты 11 ыйдаах көмүскээһин саҕаламмыт, түмүгэр куорат өстөөххө бэриллибитэ, сотору кэминэн эйэлээх сөбүлэҥ түһэрсиллэн сэрии түмүктэммитэ.
- 1887 — АХШ айааччыта Эмиль Берлинер граммофону патеннаабыт.
- 1960 — Куба баһылыга Фидель Кастро ХНТ устуоруйатыгар саамай уһун тылы эппит — 4 чаас 29 мүнүүтэ.
- 1969 — Байкааллааҕы айылҕа-биосфера заповеднига үөскээбит.
- 1983 — Сэбиэскэй Сойууска дьуһуурунай офицер Станислав Петров ядернай ракета көтөн иһэр сигналын сымыйа диэн быһаарбыт, "тревога" биллэрбэтэх. Инньэ гынан ядернай сэрии саҕаланыахтааҕын мүлчүрүппүт. Кэлин киниэхэ элбэх дойдулар ардыларынааҕы наҕараадалары туттарбыттара, кини туһунан "Аан дойдуну быыһаабыт киһи" диэн киинэ устубуттара.
- 2002 — Атлантика далайыгар Гамбия кытылын аттыгар «Джула» диэн Сенегал парома тимирбит, 1863 киһи өлбүт. Байҕалга буолбут XXI үйэ уһулуччу бөдөҥ саахала.
- 2003 — Бикипиэдьийэ иннинээҕи Нупедия диэн бырайыак үлэтэ тохтотуллубут.
- 2008 — Монголия киин куоратын Улаанбаатар кытыытыгар Чыҥыс Хаан саамай улахан статуята аһыллыбыт, үрдүгэ — 40 м.
- 2016 — Колумбия бырабыыталыстыбата уонна өрө турааччылар ыккардыларыгар сөбүлэҥ түһэрсиллибит. 1964 сыллаахтан тохтооботох Гражданскай сэрии түмүктэммит.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1882 — Алексей Гастев — нуучча революционера, боропсойуус диэйэтэлэ, бэйиэт уонна суруйааччы, үлэ хаамыытын уонна тэрээһинин тэрийии теоретига уонна Үлэ киин үнүстүүтүн салайааччыта.
- 1892 — Марина Цветаева — нуучча бэйиэтэ, тылбаасчыта, XX үйэ бөдөҥ бэйиэтттэриттэн биирдэстэрэ.
- 1911 — Анастасия Парникова (2001 өлб.) — саха устуоруйатын, ол иһигэр сахалар XVII үйэҕэ тарҕанан олорууларын чинчийбит учуонай, устуоруйа билимин хандьыдаата.
- 1919 — Иннокентий Попов (1975 өлб.) — устуоруйа билимин хандьыдаата, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа. Саха государственнай университетын ректора (1959—1973).
- 1933 — Иван Алексеев (1995 өлб.) — бэйиэт, драматург, суруналыыс. Арассыыйа Суруйааччыларын холбоһуктарын чилиэнэ. СӨ култууратын үтүөлээх диэйэтэлэ.
- 1939 — Федор Зыков — устуоруйа билимин хандьыдаата, сахалар материальнай култуураларыгар идэлээх этнограф.
- 1954 — Егор Старостин - Байаҕантай (28.07.2018 өлб.) — теплофизик, геокриолог учуонай, техническэй билим дуоктара, Хоту дойду физикаҕа-техникаҕа кыһалҕаларын үнүстүүтүн дириэктэрэ, бэйиэт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ[1].
- 1965 — Пётр Порошенко — Украина судаарыстыбатын уонна бэлиитикэтин диэйэтэлэ, урбаанньыт уонна миллиардер, 2014-2019 сылларга Украина бэрэсидьиэнэ.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 2001 — Анастасия Парникова — саха устуоруйатын чинчийбит учуонай, устуоруйа билимин хандьыдаата.
|
- ↑ В.Н. Павлова Писатели Якутии : библиографический справочник. — Якутск: Бичик, 2019. — 720 с. — ISBN 978-5-7696-5751-1