Тохсунньу 24
Тас көрүҥэ
Тохсунньу 24 диэн Григориан халандаарыгар сыл 24-с күнэ. Сыл бүтүө 341 күн (ордук хонуктаах сылга 342 күн) баар.
Бэлиэ күннэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ХНТ — Үөрэҕирии аан дойдутааҕы күнэ. "Үөрэҕи ылыы — киһи сүрүн бырааптарыттан биирдэстэрэ, оттон үөрэхтээх буолуу — дойдулар бигэ сайдар сүрүн тосхоллоро" — диир ХНТ Генеральнай сэкиритээрэ Антониу Гутерриш.
- Эскимо күнэ
- Румыния — Румыния княжестволарын холбоһууларын күнэ. 1859 сыллаахха тохсунньу 24 күнүгэр Молдавия уонна Валахия холбоспуттар
- Ииндийэ — Уттар-Прадеш күнэ
Түбэлтэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 41 — Үс Претория гвардеецтара Калигуланы утары саагыбар тэрийбиттэр, Рим импиэрийэтин ыраахтааҕытын, кини ойоҕун уонна кыыһын өлөрбүттэр. Сорох сенатордар маны туһанан өрөспүүбүлүкэни сөргүтэ сатаабыттар да, сатамматах, онон тиһэҕэр тыыннаах хаалбыт Калигула ыарыһах таайа Клавдий импэрээтэр буолбут.
- 1758 — Сэттэ сыллаах сэрии кэмигэр Кенигсберг олохтоохторо Арассыыйа ыраахтааҕытыгар Елизавета Петровнаҕа бирисээгэ биэрбиттэр (олор истэригэр аатырбыт ньиэмэс бөлөһүөгэ Иммануил Кант баар этэ). Онон Пруссия 1763 сыллаахха диэри Арассыыйа импиэрийэтигэр киирэ сылдьыбыта.
- 1848 — Калифорнияҕа Сакраменто куоратыттан чугас уу миэлиҥсэтин тута сылдьыбыт болуотунньук Джеймс У. Маршалл кыһыл көмүс булбут. Сотору кэминэн Калифорния көмүс түрүлгэнэ саҕаламмыта.
- 1857 — Калькутта университета олохтоммут, Соҕуруу Азияҕа бастакы университет.
- 1859 — Молдавия уонна Валахия княжестволара холбоспуттар (кэлин холбоһук Румыния диэн ааттаммыта). Баһылыгынан (домнитор диэн ааттанара) Александру Иоанн Куза буолбут.
- 1919 — Арассыыйаҕа Гражданскай сэрии кэмигэр казактары утары охсуһуу туһунан РКП(б) 1КК Оргбюротун дирэктиибэтэ тахсыбыт. Мантан ыла казаактары социальнай бөлөх быһыытынан суох гынар соруктаах маассабай кыһыл террор саҕаламмыта.
- 1931 — Москубаҕа «Ромэн» тыйаатыр олохтоммут, билигин үлэлиир сыгаан тыйаатырдарыттан саамай кырдьаҕастара.
- 1944 — Корсунь-Шевченковскай эпэрээһийэ саҕаламмыт. Бу олунньу 17 күнүгэр диэри буолбут кыргыһыыга Кыһыл аармыйа чаастара 140 тыһыынча киһилээх ньиэмэс чаастарын Украина Корсунь-Шевченсковскай куоратыгар төгүрүйбүттэрэ уонна урусхаллаабыттара.
- 1946 — Дьокуускайга Ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба түмэлэ аһыллыбыт.
- 1984 — Бастакы Apple Macintosh персональнай көмпүүтэр атыыга тахсыбыт.
- 1998 — Вячеслав Штыров туруорсуутунан 1992 сыллааҕы дуогабар хос көрүллэн, өрөспүүбүлүкэҕэ төлөнөр урукку "Якуталмаз" ПНО имущественнай комплексын куортамын сыаната 27 бырыһыантан 21,5 бырыһыаҥҥа түспүт. Бу төлөбүр оччотооҕуга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн киирэр үбүн сүрүн ыстатыйата этэ. Маны таһынан, Штыров туруорсуутунан, бу кэмҥэ тэрилтэ имущественнай комплексын сыаната уонтан тахса төгүл түһэриллибитэ.
- 2010 — Саха тыйаатырыгар Кындыл Уйбаан 80 сааһыгар аналлаах поэзия киэһэтэ ыытыллыбыт. Тэрээһин режиссера — Матрена Корнилова. 1960—1970 сс. тыйаатыр Сөдүөт Потапов уонна Кындыл Уйбаан тыйаатыра диэн аатынан биллэрэ.
- 2023 — "Оскар" бириэмийэҕэ "Бастыҥ документальнай киинэ" номинацияҕа 5 номинант иһигэр Саха сириттэн сылдьар Максим уонна Евгения Арбугаевтар "Выход" диэн документальнай короткометражкалара киирбитэ биллибит. Бу 25 мүнүүтэлээх киинэҕэ Чукотка байҕалыгар мордьолору чинчийэр учуонай үлэтэ көстөр.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1879 — Григорий Чорос-Гуркин — Алтай уруһуйдьута, өрөбөлүүссүйэ кэмигэр алтай омук хамсааһынын салайааччыларыттан биирдэстэрэ. Омугунан телеут, Чорос ууһуттан төрүттээх.
- 1892 — Эрилик Эристиин - Семен Яковлев — саха бэйиэтэ, прозаига, биир биллэр айымньыта — "Маарыкчаан ыччаттара" арамаан.. Кини аатынан литэрэтиирэҕэ бириэмийэ олохтоммута.
- 1915 — Анастасия Сыромятникова — сэһэнньит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Российскай Федерация култууратын Үтүөлээх үлэһитэ, 1957 сылтан ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1965 — Уинстон Черчилль — Улуу Британия бэлиитикэтин диэйэтэлэ, 1940—1945 уонна 1951—1955 сылларга премьер-миниистир.
|