Тохсунньу 23
Тас көрүҥэ
Тохсунньу 23 диэн Григориан халандаарыгар сыл 23-с күнэ. Сыл бүтүө 342 күн (ордук хонуктаах сылга 343 күн) баар.
Бэлиэ күннэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Илиинэн суруйуу аан дойдутааҕы күнэ (Буочар күнэ)
- Кытай Өрөспүүбүлүкэтэ (Тайвань), Соҕуруу Кэриэйэ — Көҥүл аан дойдутааҕы күнэ
- Питкэрн арыылара — Баунти күнэ
- Орисса, Трипура уонна Арҕаа Бенгалия ( Ииндийэ) — Субхас Чандра Бос күнэ. Бу киһи Иккис аан дойду сэриитин кэмигэр Ииндийэ Британияттан тутулуга суох буолуутун күүскэ турууласпыта
Түбэлтэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1368 — Кытайга монгол былааһын утары өрө турууну салайбыт дьадаҥы төрүттээх киһи Чжу Юаньчжан император буолбут уонна Хунъу диэн аат ылбыт. Кини олохтообут Мин династията Кытайы үс үйэ тухары баһылаабыта.
- 1556 — Кытайга Шэньси провинциятыгар аан дойду устуоруйатыгар саамай элбэх киһи өлүүлээх сир хамсааһына буолбут. Уопсайа 830 000 киһи өлбүт.
- 1755 — Ыраахтааҕы Елизавета Петровна Москубаҕа Арассыыйа бастакы университетын олохтуур туһунан ыйаахха илиитин баттаабыт. Университет Михаил Ломоносов уонна граф Иван Шувалов бырайыактарынан тэриллибитэ. Бу университет билигин — М. В. Ломоносов аатынан Москубатааҕы судаарыстыбаннай университет.
- 1793 — Польша иккис тыырыллыыта.
- 1795 — Нидерланды кытылын таһыгар сэдэх түбэлтэ буолбут — кавалерия уонна флот кыргыһыыта. Франция гусардара мууска хам тоҥон турар 14 Нидерланды хараабылыгар саба түспүттэр уонна абордажтаан ылбыттар.
- 1906 — Бүлүү уокуругун Сунтаар улууһун сахаларын аатыттан Арассыыйа импэрээтэригэр саха бэйэтин бэйэтэ салайыныахтааҕын туһунан сурук суруллубут (урукку истиилиэн тохсунньу 10 күнүгэр). Сурукка Саха сиригэр баар буола сылдьыбыт Истиэпэннээх Дуума туох да олоҕо суох сабыллыбыта ахтыллыбыт уонна маннык ирдэбиллэр киирбиттэр: 1) биир дууһаттан хомуллар нолуок кыччыахтааҕа, дьаһаах хомуура төлөнөрө (ясачный сбор) тохтуохтааҕа 2) Нолуокка хаалбыт иэстэр сотуллуохтаахтара, 3) Саха уобалаһын дьаһалта-полиция өттүттэн салайыы ууратыллан, сахалар бэйэлэрин бэйэлэрэ салайыныахтаахтара (ону күбүрүнээтэр эрэ үрдүттэн көрүөхтээҕэ), 4) көмүс уонна туус хостуур сирдэр барыта сахаларга бэриллиэхтээхтэрэ, 5) Саха уобалаһыгар буруйдаахтары көскө ыытары тохтотуу.
- 1912 — Гаагаҕа Опиум туһунан аан дойдутааҕы конвенцияҕа илии баттаммыт.
- 1922 — Сэбиэттэр Саха сиринээҕи бастакы уйуостааҕы сийиэстэрэ саҕаламмыт. Сийиэс тохсунньу 27 күнүгэр түмүктэммитэ. Сийиэскэ Саха сирин автономията, бандьыыттааһыны утары охсуһуу, Волга тардыытыгар олорор сутаабыт дьоҥҥо көмө уонна экэниэмикэ саҥа бэлиитикэтэ (НЭП) ырытыллыбыттар.
- 1926 — Ньылхаҥҥа Бары тоҥустар иккис сийиэстэрэ арыллыбыт. Манна Саха АССР дьокутааттара кыттыыны ылбыттар. Сүрүн ырытыллыбыт боппуруос: тоҥустар уонна сэбиэскэй былаас. Саха хомуньуустара бу иннинэ саҕаламмыт тоҥус бастаанньатын уҕарыта сатаабыттар, тоҥустар буоллаҕына сэбиэскэй былаас туох да үчүгэйи аҕалбата диэн санааларын уларыппатахтар.
- 1960 — Океанологтар Жак Пикар уонна Дон Уолш «Триест» диэн батискаф иһигэр олорон Чуумпу далайга баар Мариана суолаҕар рекорд буолбут 10916 м дириҥҥэ түспүттэр.
- 2020 — ВОЗ COVID-19 пандемиятын аан дойдут таһымнаах кутталлаах ситуация быһыытынан биллэрбит.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1862 — Давид Гильберт — биллиилээх ниэмэс математига.
- 1939 — Ибрагим Ишниязов — «Бүтүн Арассыыйатааҕы көрбөттөр уопсастыбаларын» Саха сиринээҕи салаатын бэрэстээтэлэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1951 — Софья Сидорова — 1938—1947 сыллардаахха Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэстээтэлэ.
- 1989 — Никита Григорьев (14.12.1906 төр.) — филология билимин хандьыдаата, кыра үөрэхтээх дьоҥҥо сахалыы ааҕар кинигэлэр ааптардара.
- 1989 — Салвадор Дали — Испания ойууhута. Сюрреализм хамсааhын биир биллиилээх түһэрээччитэ. Бастыҥ биллэр үлэтинэн буолар Өй уларыйбата (1931).
|